Гаврил Васильевич Никифоров — Манньыаттаах уола төрөөбүтэ 150 сааһыгар аналлаах куйаар ситимин нөҥүө ыытыллыбыт хоһоон күрэҕин кыттыылаахтара

Яковлев Геннадий Николаевич
Нам улууһа, Бартыһаан нэһилиэгэ.

Сырдык ааккар — сүгүрүйэбит

Улдьаа соҕус сааспар сылдьаммын,
Бэрт дьикти ааттаах Аһыыкайга
Элбэхтик сылдьыбыт алааһым,
Манньыаттаах атыыһыт өтөҕөр
Хонон утуйан да аастаҕым,
Сэбиэскэй кэм оҕото этим,
Иитиллиим оҥкула буоллаҕа
Оччотооҕу кэммит сиэринэн,
Үөрэтии — такайыы атына,
Куһаҕан дьон курдук саныырым.
Кэм — кэрдии уларыйар эбит
Билбэккэ да хааллаҕым эбээт,
Олохпут эргийбит түөрэҕин!

Күн бүгүн атыннык көрөбүн
Оччотооҕу кэм эргиэмсигэ,
Манньыаттаах Баһылай аатыран,
Нэһилиэгин дьонун кэпсэтэн
Элбэх сүөһүнү ииттэрдэҕин,
Көмүс харчынан манньалааҥҥын
Саталлаах соҕустук тэринэн,
Эргинэр эйгэҕин тэнитэн,
Үүтү хайаҕаһы тобулан,
Ханыылаһар дьону булсаҥҥын,
Байар аартыккын оҥордоҕун,
Атаҕар бигэтик туруордун,
Хабырыыс уолгун такайаҥҥын!

Сыллар ааһаллар субуһаннар,
Хабырыыспыт сырыыта кэҥиир.
Үөрэҕи баһылаабыт буолан,
Улуу норуоттары булсаҥҥын,
Киэҥ Рассияҕа сураҕыран,
Гильдиялаах атыыһыт ааттаах,
Эргиэмсик чулуута аатыран,
Тас дойдулар аартыктарынан,
Хотоойутук хоһууннук сылдьан,
Саха мындыр өйүн туһанан,
Кыайа хорута кэпсэтэҥҥин,
Эргинэн табыллан кэлэрин,
Үөскээбит алааскар кэһиилээх!

Үтүө-мааны дьоннуун билсэҥҥин,
Үгүһү-элбэҕи биллэҕин,
Сайдыылаах дойдулары көрөн,
Өйдүүн санаалыын уларыйан,
Норуотун туһугар кыһаллар,
Хорутуулаах өйгө кэллэҕин,
Дьокуускай килбэйэр киинигэр
Тааһынан эргинэр лааппыны,
Ырааҕа санааҥҥын туттаран,
Номох буолан кэллин норуоккар,
Атын тутууларын сороҕо
Билигин даҕаны тураллар,
Умнуллуох сураҕы саната!

Олохпут кэскиллээх түөрэҕэ,
Үөрэххэ сытарын билэҥҥин,
Тыыллыман дьонугар анааҥҥын,
Ырааҕы биттэнэн көрөҥҥүн,
Үөскээбит өтөҕүн таһыгар
Талыы талба маһы тастаран,
Оскуола туттаран дьэндэтэн
Саҕалаабытын маннайгынан!
Кыһаҕар үөрэммит ыччатын,
Ситэн силигирээн турбута,
Сэбиэскэй былааска салайар,
Уустуктаах олоҕу ааспыта,
Түһүүнү тахсыыны билбитэ!

Олох сайдар тускулун көрөн,
Кэнчээрин сайдарын туһугар,
Үөрэҕи тэнитэр санаалаах,
Оччотооҕу бастыҥ өрүөллэри
Ыксары билсибит эбиккин,
Эҥсиэли хочо хоһуун бэрдин
Улуу киһибит Оммуоһабы,
Талах курдаах Таатта талыытын
Дэгиттэр талааннаах Силипсиэби,
Бүлүүбүт бэрдин Ардьакыабы,
Сэргии көрөн көмөлөһөҥҥүн,
Истипиэндьийэ анаабыккын!


Буккуурдаах кэммит саҕаланар,
Уолаттар сэрэтэн этэллэр :
Оҥорбут үтүө аахсыллыбат
Иэдээннээх кэмигэр түбэһэн,
Саҕалаабыт кэскиллээх үлэн
Тэпсиллэр иэдээнин өйдөөҥҥүн,
Дьиэ кэргэттэргин хааллараҥҥын,
Төрөөбүт түөлбэттэн арахсан
Барар күнүн тиийэн кэлбитин,
Саха муннаах сатаан санаабат,
Алдьархайдаах кэмэ буоларын,
Бэйэҥ эрэ билэн бардаҕын,
Омук дойдутугар куоттаҕын!

Омукпут сиригэр даҕаны,
Сылдьыбыт ыырдарын элбэҕэ,
Билсиилээх дьоннорун иһигэр
Баһылаан көһүлээн кэпсэтэн,
Саха сатаабата суох дэтэн,
Эргинэр эйгэҕин кэҥэтэн,
Илин дойдулар эгиэннэрин
Килбэйэр кииннэрин иһигэр,
Булугас-талыгас өйгүнэн,
Хотоойу тылгынан ыпсаран,
Хорсуннук — хоодуоттук сылдьаҥҥын,
Аатыран ааккын хааллардаҕын,
Манньыаттаах уола аатырдаҕын!

Күн бүгүн эйигин саныыбыт
Тыыллыман дьонугар оҥорбут,
Үтүөҕүн ахтабыт саныыбыт,
Кыаммат- түгэммэт кэмнэригэр,
Сирдэрин нолуогун төлөөҥҥүн,
Хабалаттан мүччүрүтэрин,
Оччотооҕу кэммит баттыгын
Мүлүрүтэн абырыыр этиҥ,
Дьонун туһугар кыһаллаҥҥын
Оҥорбут үтүөҕүн өйдөөммүт,
Аныгы көлүөнэ оҕолор —
Сырдык ааккар — сүгүрүйэбит!

 20.10.2021 сыл.

Уваров Александр Михайлович

Булгунньахтаах сэлиэнньэтэ, Хаҥалас улууһа.

Манньыаттаах Уолугар.

Өбүгэ алгыһын ылына улааппыт,

Саханы аатырда удьуордаан үөскээбит,

МанньыаттаахУола диэн аатырбыт атыыһыт,

Эн тыыллан турдаҕыҥ Тыыллыма сириттэн.

Билиҥҥи олоҕу эрдэлээн биллэҕиҥ,

Үйэни уҥуордаан бу кэми тэллэҕиҥ,

Сайдыыны саҕаары кэскилин туттаҕыҥ,

Аҕыйах ахсааннаах омуккун ааттаттыҥ.

Омугу кытары алтыһан кэллэҕиҥ,

Атыыга-эргиэҥҥэ олоххун анаатыҥ,

Эн саҥа үктэлгэ бэйэҕин таһаартыҥ,

Холобур буолаҥҥын дьыллары аһаартыҥ.

Сылларбыт аасталлар эйигин саныыбыт,

Ахтылҕан бу күнү эйиэхэ аныыбыт,

Сүүс биэһэн сыллары уҥуордаан ахтабыт,

Эйигин кэриэстээн ытыктыы хаалабыт…

Сата Уола. 6.10.2021.

Скрябина Анисия Даниловна

Мэҥэ-Хаҥалас улууһа, Балыктаах бөһүөлэгэ.

Киэн туттабыт

(Акростих)

Мындыр үөрэхтээх хоһуун киһи

Атыыһыт тус суолун тутуһан,

Наллаан бэлэмнэнэн тэринэн,

Ньахчаччы эмис эти, арыыны,

Ыраах ындыыланан таспыта,

Аата Саха сиригэр биллэр!

Таһа5асчыттары кэпсэтэн,

Табаары табаарга эргитэн,

Айан  кытаана5ын тулуйар,

Атыы-тутуу муудараһыгар,

Харса суох уол эриллибитэ.

Угуйан дьону үөрэттэрэн

Олохтоох Мэҥэтин ааттатар,

Лааппы аһан атыылаппыта,

Алаһа дьиэтин туттубута.

Хараҥа кэмҥэ Тыыллыма5а

Аһыкайга оскуола аспыт,

Балысхан кэпсэтиилээх  уолан

Ырыынак сыһыанын киллэрбит,

ыРаахтаа5ы былааһа сууллан,

Ыраа5ы көрөн көмөлөспүт,

Ыралаабыт санаата туолбута

Саар куолакаллыы  лоҥкунаатын!

21.10.2021 с.

Санникова Зоя Лукинична.

Таатта улууһа, Ытык-күөл сэлиэнньэтэ.

Манньыаттаах уола.


Хараҥа былыт халыйбыта,
Хаан тохтуу үйэтэ кэлбитэ,
Омнуолуу санаабаппын, ол кэми,
Олохпут отуора алдьаммытын.

Бааллара эбээт онно, доҕоттоор,
Бэдэр мэйии өркөннөөх бэртэрэ,
Дьалхааннаах кэми өтө көрөннөр,
Дьоһуннук тэскилээн биэртэрэ.

Хаарыаннаах, кыахтаах дьоммутун,
Халты тутан халбарытан,
Сайдар кэммитин туһаммакка,
Сойуолаан даҕаны биэрбиппит.

Омук да сиригэр сырыттар,
Сахатын сирин ахтара,
Сайдыытын кэтээн көрөрө,
Сэмээр сонньуйан ылара.

Төрөөбүт алааһын саныыра-
Тапталлаах Сахатын сирин,
Төрөппүт оҕолорун, кэргэнин,
Төлкөтө быстыбат ситимин.

Саха чулуу меценатын,
Махтана саныыбыт бүгүн,
Пааматынньык туруоран,
Сүгүрүйэн ааһыаҕын.

Кэрэ атыы-эргиэн киинин,
Киин куоракка дьэндэтиэҕин,
Кини албан аатын ааттаан,
Аар-саарга аатырдыаҕын.

Манньыаттаах уолун удьуорун,
Ууһатыаҕын уһун үйэлэргэ,
Кэнэҕэски кэнчээри ыччатын,
Кэскиллиэҕиҥ кэлэр кэмнэргэ.

Соҕотох бастакы гильдиялаах
Атыыһыты, ама умнар үһүбүөт?!
Меценаттаабыт үтүөтүн санааммыт,
Муҥура суох махталбытын этэбит.

04.11.2021 сыл.

Захаров Дмитрий Дмитриевич-Хараҥаччы

Мэҥэ-Хаҥалас улууһа, Сыымах бөһүөлэгэ.

…Атыы-эргиэн хоруола.

Хабырыыс саха саарына,
Хараҥа олох саҕана
Хабыллан тыыллан турбута,
Хараҥаны халбарыта.

Саха дьоно үүнэ сайда,
Саргылара сандаарыйа,
Саҕахтарын ыйдаҥарда,
Сахта кыымы ыһыахтата.

Киэҥ сиринэн тэлэһийэн
Кэлэн баран эргичийэн,
Кэпсэтиилээх ипсэтиилээх
Киһи киэнэ кэрэхсэллээх.

Сайдыылаах улуу омуктуун
Сайдан үүнэн бииргэ барсан,
Атыы эргиэн суолун устун
Айаатаата аата хаалан.

Көмө харчы угар этэ
Үөрэх сайдыы суолларыгар,
Кэлэр кэммит сириэдийэ
Үүнэн үрдээн иһиэҕигэр.

Улууларга тэҥнии тутан
Умнумуоҕун убайбытын,
Убаастааммыт ахтан санаан
Уһун сылга уруйдуоҕуҥ.

19.10.2021 сыл



Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *