А.М. Алексеев аатынан культура дьиэтэ, олохтоох модельнай библиотека тэрийиилэринэн

Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар уонна Ийэ тыл, сурук-бичик күнүгэр аналлаах “Кыраһыабай буочар” 1 Тыыллыма нэһилиэгин иһинэн ыытыллар онлайн конкурс балаһыанньата. 

Буолар күнэ:

• олунньу 8-13 күннэрэ

Ирдэбиллэрэ:  

• конкурска 1 Тыыллыма нэһилиэгин олохтоохторо сааһыттан тутулуга суох, ким баҕалаах кыттар. (түмүк саастарынан араарыллан тахсыаҕа, оскуола оҕолоро сүһүөхтэринэн, 18-35 саастаахтар, 36-50 саастаахтар уонна онтон үөһээ саастаахтар)

• бэриллибит тексты көрөн олорон кыраһыабай буочарынан усталлар

• ааттарын-суолларын, төлөпүөннэрин нүөмэрин толору ыйаллар

• үлэлэрин WhatsApp 89618692044 бэриллибит нүөмэргэ хаартыскаҕа түһэрэн ыыталлар.

Кыайыылаахтар дипломнарынан, сэмэй бэлэхтэринэн наҕараадаланыахтара, бары кыттааччыларга туоһу сурук бэриллэр.

Конкурсаннар уһулан ылар текстара

1822 с. ыраахтааҕы правительствотын устаабын быһыытынан нэһилиэктэргэ ородобуой диэн кинээс, аҕа уустарын чаччыыналара састааптаах салалта баар буолбута. Оттон улуустарга кулубаттан, икки быыбарнайтан уонна суруксуттан турар быраабалар тэриллибиттэр.

1822 с. 1 Тыыллыма нэһилиэгэ диэн баар буолбут.

Биһиги Лоомтука диэн ааттаах бөһүөлэкпит хаһан, хайдах төрүттэммитин туһунан суруйарга холонобут. Онуоха урукку Молотов аат. тыа хаһаайыстыбаннай артыал бырабалыанньатын  мунньаҕын боротокуола, кырдьаҕастар кэпсээнэ көмөлөстө.

Бастатан туран Лоомтука диэн тыл туох суолталаах буолар эбитий? “Ол үйэлэр дуорааннара” диэн кинигэ автора, Николай Макарович Петров быһаарарынан эбээн тылынан “үрдүк сир” диэн суолталаах эбит.  Кырдьыга да бөһүөлэкпитин түөрт өттүгэр түөрт улахан (Туора, Оҕонньор Сыһыыта, Арыылаах, Быраҥа) диэн эбэлэр төгүрүктээн тураллар.

Бу эбэлэр икки ардыларгыар үрдүк сиргэ бөһүөлэги олохтуохха диэннэр өссө 1933 с. биһиги кырдьаҕас көлүөнэ дьоммут быһаарыммыттар эбит.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *