Константин Ильич Сосин Үбүлүөйдээх 80 сааһын туолла

Арассыыйа суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, СӨ үөрэхтээһинин туйгуна, оҕо литературатыгар Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, учуутал, оҕо-аймах тапталлаах суруйааччыта, поэт, Мэҥэ-Хаҥалас улууһун, Моорук, Тыыллыма нэһилиэктэрин Бочуоттаах гражданина Константин Ильич Сосин  балаҕан ыйын 5 күнүгэр Үбүлүөйдээх 80 сааһын туолла

Константин Ильич Верхоянскай куоракка зоотехник дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. 1964 сыллаахха Мэҥэ Хаҥалас улууһун Бүтэйдээх орто оскуолатын, онтон 1973 сыллаахха СГУ устуоруйа-тыл факультетын  үөрэнэн бүтэрэн, Мэҥэ Хаҥалас оскуолаларыгар сүүрбэттэн тахса сыл саха тылын уонна литературатын учууталынан үлэлээбитэ.

Бастакы хоһооннорун 1957 сыллаахха «Колхоз кырдьыга» диэн улуустааҕы хаһыакка таһаартарбыта. 1983 сыллаахха кыра оҕолорго анаммыт «Бойтоко-ыстана» диэн бастакы кинигэтин таһаарар.

Өрөспүүбүлүкэтээҕи хаһыаттарга, «Чолбон» сурунаалга уонна холбоһуктаах хомуурунньуктарга бэчээттэнэрэ. Бастыҥ айымньылара саха оскуолаларыгар кылаас таһынан ааҕыы пособиеларыгар киирбиттэрэ, сорохторо оҕо литературатыгар анаммыт өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэргэ бэлиэтэммиттэрэ. К. Сосин сорох хоһоонноро ньууччалыы тылбаастаммыттара уонна ньууччалыы тыллаах хаһыаттарга тахсыбыттара.

КИНИГЭЛЭРЭ:

Бойтоҥо-ыстаҥа : оскуолаӄа киириэн иннинээӄи саастаах оӄолорго хоhооннор. — Якутскай : Кинигэ. изд-вота, 1983. — 16 с.

Эбэм, эhэм аахха. — Якутскай : Кинигэ изд-вота, 1986. — 16 с.

Умнуллубат мичээр : оҕолорго хоhооннор. — Якутскай : Кинигэ изд-вота, 1987. — 16 с.

Хатынь куолакаллара : поэмалар, баллада : орто уонна улахан саастаах оскуола оӄолоругар — Якутскай : Кинигэ. изд-вота, 1990. — 32 с.

Биэлсэр Нарыйа остуоруйалара. — Дьокуускай : Бичик, 1993. — 24 с.

Хаачыал-маачыал : оскуолаӄа киириэн иннинээӄи саастаах уонна начальнай кылаас оӄотyrap. — Дьокуускай : Бичик, 2002. — 38 с.

Уу-чукучук : хоhооннор / Наталья Гуляева ойуулара. — Дьокуускай : Бичик, 2009. — 47 с. Эhэлээӄим тиэргэнигэр : төрөппүт оӄотугар ааӄарыгар / [Анна Филиппова ойуулара]. — Дьокуускай : Бичик, 2015. — 32 с. : цв. ил.

Эбээ оҕотобун : хоhооннор : уhуйаан уонна кыра саастаах оскуола оӄолоругар / В. Ноева ойуулара. — Дьокуускай : Бичик, 2019. — 48 с. : ил.

Обложка Эбэм, эһэм аахха

Эбэм, эһэм аахха

Год: 1986
Категория:
Посещения: 2180
Обложка Эһэлээҕим тиэргэнигэр

Эһэлээҕим тиэргэнигэр

Год: 2015
Категория:
Посещения: 1797
Обложка Умнуллубат мичээр

Умнуллубат мичээр

Год: 1987
Категория:
Посещения: 1586
Обложка Биэлсэр Нарыйа остуоруйалара

Биэлсэр Нарыйа остуоруйалара

Год: 1993
Категория:
Посещения: 2123
Обложка Хатынь куолакаллара

Хатынь куолакаллара

Год: 1990
Категория:
Посещения: 1278
Обложка Хаачыал-маачыал

Хаачыал-маачыал

Год: 2002
Категория:
Посещения: 1809
Обложка Уу-чукучук

Уу-чукучук

Год: 2009
Категория:
Посещения: 1761
Обложка Бойтоҥо-ыстаҥа

Бойтоҥо-ыстаҥа

Год: 1983
Категория:
Посещения: 1314

Мэҥэ Хаҥалас Хара нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, СӨ бочуоттаах землеустроителэ, общественнай корреспондент, суруналыыс, кыраайы үөрэтээччи Федот Харитонов ахтыыта:

Константин Сосин

Көстөкүүннээх, Апрелинаны Лоомтукаҕа кэлиэхпиттэн икки квартиралаах дьиэҕэ биир өртүгэр Суосуннар, биир өртүгэр учууталлары кытта мин, сопхуос специалиһа, бииргэ олорбуппут. Элбэх баҕайы оҕолоох Көстөкүүн  оскуолаҕа учууталлыыра, Апрелина сопхуос отделениятыгар ыанньыксыттыыра. Оҕолор элбэхда буоллаллар ытаһыы тыл тылга киирсибэт буолуу иһиллибэт буолара истиэнэ нөҥүө. Чуумпу ыаллар этилэрэ.

Көстөкүүн оскуолатыгар өйүн санаатын ууран сахатын тылын биэрэрэ, бэйэтэ төрдө тардан хоһоон суруйара, Саха Сирин суруйааччыларын чилиэнигэр тиийэ үүммүтэ. Суруйааччылар союзтарын мунньаҕар ыҥырыллан сылдьара. Саха норуодунай суруйааччыларын кытта билсэрэ, уруогар кинилэр айымньыларын, тус олохторун кэпсиирэ. Киэҥ билиилээх оҕо кутун тутар учуутал буолбута. Арааһа бэйэтэ суруйааччылар союзтарын чилиэнэ уонна саха тылын, литературатын оскуолаҕа үөрэтэр учуутал оччолорго да баҕар биир эмэ баара буолуо. Ол эрээри суох да буоллаҕына көҥүлэ.

Кини, учуутал да буолан эбэтэр айылҕаттан да бэриллэн оҕолору бэлиэтии көрөр,оҕо оонньуу сылдьан тугу толкуйдуурун, тулалыыр дьонун кытта сыһыанын бэлиэтии, тугу кэпсиирин болҕойон истэн хайгыы саныыр эбит. Уонна онно сүрэҕэ манньыйан хоһоон айан үйэтитэн хаалларар. Ону тоҕо эрэ оҕо суруйааччыта диэн этэллэр. Санаабар,ити алыс таба буолбатах. Оҕону Герой гынан суруйар суруйааччы диэхпин баҕарабын. Сэбиэскэй кэмҥэ суруйааччылар хомуньуус салайааччылары Герой оҕорон айымньыларыгар киллэрэллэрэ. Онтон Көстөкүүн оҕону ойуулуур, кини майгытын, туох үчүгэйи оҥорбутун таба көрөн суруйар. Ханнык баҕарар төрөппүт оҕото үтүөнү оҥорбутун өйдүүр. Хайдах оонньообута, тугу кэпсээбитэ дьиэ иһинээҕи кэпсээн өргө дылы умнуллубаттык уос номоҕор хаалар.. Ол эрээри киһи барыта ону хомоҕой хоһооҥҥо сатаан кубулуппат. Көстөкүүн күүһэ онно. Кини дьэ ону сатыыр.

Оҕону таптыырга, киниэхээ болҕомто уурарга хас биирдии айбыт хоһоонноро, төрөппүккэ сүбэлииллэр. Кыраттан үөрүүнү булары көрдөрөллөр. Оҕо булугас өйө, ийэтин, аҕатын үтүктэн оонньуура, оннооҕор саҥа дьылга салют ыталларын көрөн, араас дьэрэкээн уоту өйдөөн, араас дьүһүннээх пламастеры үөһээ күөрэччи быраҕан салюту үтүктэллэр буоллаҕа!! Эбэтэр хайаҕастаах табуреткаҕа былаатынан ынах синньин түһэрэн олоппосторун ынах оҥорон, ыыр кырачааннар эмиэ бааллар. Итинник киһи, төрөппүт өйүгэр умнуллубаттыы киирбит оҕо оонньуутугар Суосун суолта биэрэн айымньытыгар холбуур.

— 2019сыллаахха тахсыбыт “Эбээ оҕотобун” хоһоонун хомуурунньугар киирбит айымньыларыттан быһа тардан ырытыаххайын. Туох өйү санааны саха киһитигэр Көстөкүүн көрдөрөр эбитий?

.. Сытар маска биллэҕи

     Хаптаһыны уурабыт

    ………………………

Олбу солбу күөрэйэбит

Үөрэ көтө көрүлүүбүт.

Бу хоһооҥҥо, оҕолор бэйэлэрэ хаптаһынтан , хачыал оҥосто охсон оонньуулларын олус сэргии көрбүтүн киллэрбит.

Ыалбыт тураах-                      Сибиинньэни кытта

Далга дьукаах                         Кыттыгас астаах.

Кэпсэтиэн баҕалаах              Махтанар тыллаах

Саҥата: « Даах! Даах!”          “Тар -Даах! Тар -Даах!”

          Бэрт диэнник, табыллыбыт хоһоон! Саха тылын дорҕоонун олус табан туттубут. Бүгүҥҥү сиэннэр саха тылын кэрэ дорҕоонун истибэккэ нууччалыы тыллаах улааталлар. Олорго саха тылын дор5оонун аа5ан иһитиннэрэгэ бэртээхэй холобур. Этии икки тылтан турар буолан өйдөнүмтүө да буолуон сөп. Манна “тар” диэн тугун билбэт баспытаатал, учуутал, төрөппүт баар буолуон сөп. Ол бааламмат. “Тар” диэн аһыйбыт үүттэн оҥоһуллар ас буолар. Билигин сибиинньэҕэ эрэ бэриллэр. Бастакы аҥара барыта “аах” диэн дорҕоонунан бүппүт :  тураах, дьукаах, баҕалаах, даах .  Тураахпыт оннооҕор саха тылынан саҥарар буолан тахсыбыт!

Көстөкүүннээх күн бүгүнүгэр дылы сүөһүнү аһы тутан олорор ыал. Быйыл балаҕан  ыйыгар Көстөкүүн 80 сааһын туолар. Эдэр сэнэх эрдэҕинэ хотуурун оҥостор, уолаттарыгар кыра хотуур оҥорон биэрэн 7-8 саастарыттан окко үөрэппит киһи. Уопсайынан уолаттарын үлэни таптыырга, сатыырга такайбыта таах хаалбатах. Билигин уолаттара сатабылларынан Лоомтука дэриэбинэтигэр холобур буолар дьон. Маска бэркэ уһаналлар. Тимири да ыллатар дьон, оту ааһан иһэн оттууллар, техниканы сатыыллар да, бэйэлэрэ да оҥороллор.

Көстөкүүнү бэйэтин техникаҕа сыстаҕас диир табыллыбата буолуо. Хайдах барытын сатыай — литератор?! Ол эрээри “уол оҕо техникаҕа сыстыахтаах”- диэн өтө көрөр толкуйдааҕа.

Улахан уола Костик  13-14 саастааҕар «Москвич 412” массыынаны ылан биэрбитэ. “Техниканы бил, сатаа” — диэн санааттан. Ону уола суоппардаан Лоомтукаттан Майаҕа киирэллэрэ. Тойон пассажир миэстэтигэр олороро. Итинник эдэр уол үөрэнэн техникаҕа сыстан барбыта. Костик телевизоры, холодильнигы кытта ремоннуур , арахсыбыт борубуотун пайкалыыр этэ. Ити курдук ис иһиттэн техникаҕа сыстан барбыта. Ону көрөн аны кыра бырааттара үөрэнэн тахсыбыттара. Куоракка киирэн үлэлии сылдьан улахан уол бырааттарын илдьэ сылдьыбыта, такайбыта. Биир дьиэни арендалаан олорбуттара. Кэлин Көстөкүүн арааһа дьиэ булан биэртэ. Итиннэ улахан көмөлөрө ынах сүөһүлэрэ буолта. Эт атыылаан харчы киллэрэллэрэ. Оҕолорун атахтарыгар туруохтарыгар дылы өйүөлээбиттэрэ. Уонна күн бүгүнүгэр дылы өйүөлүүллэр. Онон Көстөкүүҥҥэ ордук ньирэйдэр тустарынан айымньы элбэх.

Куччугуй, Куччугуй уол                     Куччугуй Куччугуй уол

Бастыҥай диэн убайдаах .                    Мэччийэн курдурҕатар

Куччугуй, куччугуй уол                      Куччугуй, куччугуй уол

Отто диэн убайдаах.                             Кэбинэн кэрдиргэтэр.

Куччугуй,Куччугуй уол                   Куччугуй, Куччугуй уол

Улаатан иһиэҕэ.                                   Куччугуй диэн аата

Куччугуй, Куччугуй уол                     Кучугуйунан хаалыаҕа,

Сүүнэ оҕус дэтиэҕэ.                            Куруук таптата сылдьыаҕа.

Киһи иитэр сүөһүтүн, сим биир төрөппүт оҕолорун курдук көрөр. Хоһоону  маҥнай оҕолору таптаан ааттыыр дуу диэн киһи ааҕар. Онтукабыт икки убайдаах Куччугуй диэн ааттаах ньирэй эбит. Бэйи Куччугуй диэмэн сүүнэ оҕус буолан тахсыа диир автор. Ол эрээри бэрилибит аата Кучугуйунан хаалар.

 

Тэйиэккэлэс мээчиктии           Тэйиэккэлэс мээчиктии

Тэһии, тэбэнэт ньирэйдэр        Тэһии, тэбэнэт ньирэйдэр

Кэҥэс далга куотуһа                  Ыамтан ыамы кэтэһэллэр

Өрө тэбэ сырсаллар .                  Мэҥирэһэн ылаллар.

 

Тэйиэккэлэс мээчиктии

Тэһии, тэбэнэт ньирэйдэр

Оҕо курдук кинилэр

Олус иллээх эбиттэр.

Дьэ кырдьык, ньирэй маҥнай далга тахсарыгар өрө тэбэ тэбэ сүүрэр идэлээх. Ону автор мээчиккэ холообут. Тэйиэккэлэс мээчик теннис да мээчигэ буолуо. Остуол устун тэйиэккэлиир, буулдьа курдук ыстанар. Ол курдук кыра ньирэйдэр тэбэнэттэнэллэр. Аны үөрдүһэн — биирэ бардаҕына биирэ батыһар, сүтэристэхтэринэ айдаан бөҕөтүн тардаллар. Худуоһунньук  хартыына уруһуйдуурун курдук, Көстөкүүн тылынан көстөр курдук суруйан, хоһуйан таһаарбыт.

2023 сыллаахха “Эһээ оҕотобун” диэн кинигэтэ тахсыбыта.  Бу кинигэ 80-на  чугаһаабыт киһи олоҕу көрүүтэ, мунчаарыыта киирбит хоһооннордоох.

 

Кыһын Дьылбыт оҕуһа                  Сылгы курдук  көҥүл босхо

Булгу барбыт муостарын                 Устар тэһии былыттары

Көрдүүр ыра санаалаах                    Атах тардан хоннорор

Эһэм манна олорор.                         Эһэм манна олорор.

Кэлтэйдээбит, эргэрбит,                 Сиэн оҕотун  утутан

Умуллуохча буолбут ыйбыт           Соҕотоҕун хаалан баран,

Уотун эбэн күөдьүтэр                     Ырыа тылын ыпсарар

Эһэм манна олорор                         Эһэм манна олорор.

 

Дьигинэн эдэр-сэнэх сылдьан, хайа ба5арар киһи, элбэҕи олоххо киллэрэр санаалаах, ол баҕа ситэ  туолбатах хоһоонун курдук ылынным. Былаана — дьыл оҕуһун муоһун курдук остуоруйаҕа тэҥнээх, ыра санаата- ыйы сырдатар курдук ыраах буолан биэрбит, Модун санаата — былыты быалаан баайбыт курдук буолан тахсыбыт. Үгүспүтүгэр  кыайтарбат. Бу хоһооҥҥо арааһа өбүгэлэрбит омнуо санаалара суруллубут быһыылаах.

 

Сааһырыахха сөп курдук,                   Кырдьыга да , санаа хоту

Кырдьар отой сатаммат!                     Сиэнниин сылдьа түһүөххэ ,

Сиэттиһэн иһэр сиэн оҕом                 Бүдүк буолбат туһугар

“Оҕонньор” дэтиэн  баҕарбат. …          Кырдьары да кыаныахха.

 

Кырдьаҕаһы — ыалдьарын, бытаарбытын иһин бэйэҕэ тэҥнээбэтэххэ, истиҥник кэпсэппэтэххэ — санаата түһэр, итэҕэс сананар, бэйэтигэр бүгэр. Онон бүдүк да буолан хаалыан сөп. Куруук кэпсэтэр, сүбэ ама ылар — кырдьаҕас киһи санаатын көтөҕөн эрдэҕэ…Кырдьыы барыбытыгар кэлэр.  Онно эрдэттэн бэлэмнээх буолуллуохтаах быһыылаах.

Көстөкүүн- үөрүнньэҥ, кыраттан санаата көтөҕүллэр  бэйээт буоллаҕа.

 

Ходуһаҕа биһигини                           Ыһык эттэн, килиэптэн

Кугас кукаакы кэтэһэр                       Туспа өлүү уурабыт

Тиийэн эрэ кэллэрбит                      — Чобуо доҕор, Саабыска

Үөрэн көтөн тэлээрэр.                        Баһаалыста, остуолга..

 

Кукаакыга – Саабыска диэн аат биэрбитэ мээнэ буолбат. «Сааба сайылыга” диэн сир үрэҕэр, Ломтукаттан 16 биэрэстэ сиргэ, сатыы сылдьан оттууллара. Кукаагы бу сир олохтоох көтөрүн быһыытынан , сир иччитигэр тэҥнээн аатын биэрбит. Кукаакыны былыр ойуун кыыла диэн билинэллэрэ.

Бэйиэт бастакы кыыс сиэнигэр бэрт элбэх хоһоону анаабыт. “Мунна сынтайыар” дылы сыллыыр, бэйэтин кытта илдьэ сылдьар эбит.О5отугар ,  Натаа Куо5а , оҕо оонньуурун көрөн,  истиҥ ба5айы хоһоону хоһуйбут.

 

Оҕом Натаа оронугар                            Өтөр Натаа уһуктуоҕа,

Кэккэлэһэ олоппоско                            Таптаан, сыллаан ылаттыаҕа.

Икки оҕо куукула                                  Ийэ буолан , түбүгүрэн,

Хоонньоһон утуйбуттар.                      Таҥыттартаан  туруортуоҕа.

 

Солко былаат үллүктэрин                    Ийэ , оҕо кэпсэтиитин

Түүнүн астан кээһиэхтэрэ —                  Үөрэ көтө түһэриэҕэ

Суорҕаннарын тула хайбыт                  Үчүгэй да күн үүнүөҕэ,

Кыһамнылаах хотуннара.                     Сандаарыччы көрүөҕэ!

 

Суосуннар бары айар тутар талааннаах дьон. Өрөспүүб;лүкэҕэ биллэр суоллаах иистээх үлэһит аҕа ууһа. Салайыахтарын да сөп, суруйуохтарын да сөп, медицинаҕа үлэлиэхтэрин да сөп, техниканы, программаны баһылыахтарын да сөп, науканан да дьарыктанаыхтарын сөп —  эргиччи талааннаах удьуор дьон.

Көстөкүүн суруйуутугар,  оҕолорго мультик киинэлэри да устуохха сөп. Саха тылын, оскуола иннинэ саастаах оҕолорго  төрөөбүт тыл кэрэ дорҕооннортон турарын иһитиннэриэххэ сөп.

Төрөппүттэри оҕону бэлиэтии, таптыы көрөргө үөрэтиэххэ сөп.

Кини суруйуута кэлинноруот эдэр бэрэстэбиитэллэрэ  төрөөбүт тылларыгар төннүүтүгэр , оҕолорго туһалыа.

Федот Харитонов -кыраайы үөрэтээччи .

23.08.2024 сыл.

 

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *