Архивы автора

Константин Ильич Сосин Үбүлүөйдээх 80 сааһын туолла

Арассыыйа суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, СӨ үөрэхтээһинин туйгуна, оҕо литературатыгар Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, учуутал, оҕо-аймах тапталлаах суруйааччыта, поэт, Мэҥэ-Хаҥалас улууһун, Моорук, Тыыллыма нэһилиэктэрин Бочуоттаах гражданина Константин Ильич Сосин  балаҕан ыйын 5 күнүгэр Үбүлүөйдээх 80 сааһын туолла Константин Ильич Верхоянскай куоракка зоотехник дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. 1964 сыллаахха Мэҥэ Хаҥалас улууһун Бүтэйдээх орто оскуолатын, онтон 1973 …

Үрүҥ тунах ыһыах

Биһиги нэһилиэккэ Самаан сайыны   айхаллыыр,Айгыр баҕаҕы арчылыыр,Итии-куйаас эргийдэ,Илгэ быйаҥ элбээтэ.Сиэллээх  ситии  киэргэллээх,Чэчир хатыҥ сэлэлээх Чэгиэн чэбдик түһүлгэ тула мустан тураммыт күөхтүүр сайын кэлбитин үөрэ көрүстүбүт.Буоларын курдук долгутуулаах арыллыыбыт алгыс сиэрин-туомун туттубут.Алгыһы таһаарда Өрөспүүбүлүкэ таһымнаах олоҥхо уонна оһуохай Дархан этээччитэ,Уус-Уран салайааччы,Култуура туйгуна, Виталий Никифоров. Ыһыахпыт арыллыыта Тыыллыма өрөгөй ырыатынан саҕаланна. Нэһилиэкпит Аҕа баһылыга  Афанасьев Руслан Васильевич …

Үрүҥ-тунах ыһыах

Биһиги нэһилиэккэ Самаан сайыны айхаллыыр,Айгыр баҕаҕы арчылыыр,Итии-куйаас эргийдэ,Илгэ быйаҥ элбээтэ.Сиэллээх ситии киэргэллээх,Чэчир хатыҥ сэлэлээх Чэгиэн чэбдик түһүлгэ тула мустан тураммыт күөхтүүр сайын кэлбитин үөрэ көрүстүбүт.Буоларын курдук долгутуулаах арыллыыбыт алгыс сиэрин-туомун туттубут.Алгыһы таһаарда Өрөспүүбүлүкэ таһымнаах олоҥхо уонна оһуохай Дархан этээччитэ,Уус-Уран салайааччы,Култуура туйгуна, Виталий Никифоров. Ыһыахпыт арыллыыта Тыыллыма өрөгөй ырыатынан саҕаланна. Нэһилиэкпит Аҕа баһылыга Афанасьев Руслан Васильевич эҕэрдэлээтэ уонна «1-кы Тыыллыма нэһилиэгин бочуоттаах олохтоо5о” үрдүк ааты:
— Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэ5ириитин туйгунугар, Российскай Федерация уопсай үөрэхтээһин бочуоттаах үлэһитигэр, мелолодист, Николай Ребров тылларыгар “Тыыллыма өрөгөй ырыатын”авторыгар Назаров Михаил Николаевичка
— Нэһилиэк урбаанньыгар, меценат Афанасьев Иван Васильевичка
— Саха Өрөспүүбүлүкэтин муниципальнай сулууспатын туйгунугар, Лукина Айталина Кирилловнаҕа.
Ону тэҥэ Ил Түмэн дьокутаата Олег Олегович Марков Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ тыл сайдыытыгар кылааттарын иһин наҕарааданы Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэ5ириитин туйгунугар, «1-кы Тыыллыма нэһилиэгин бочуоттаах олохтоо5ор Никифорова Валентина Павловнаҕа, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэ5ириитин туйгунугар, Российскай Федерация суруйааччыларын чилиэнигэр, Мэҥэ-Ханалас улууһун, 1Тыыллыма нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕор Сосин Константин Ильичка туттарда.
Үлэни өр сылга өрө туппут биир дойдулаахтарбытын чиэстээтибит.
Кырачаан оҕолорбутугар “сахалыы талба таҥас” көрүүтэ буолла, төрүт үгэстэрин умнубакка бары олус кэрэтик симиммиттэр. Итиэннэ ханнык баҕар ыһыахха оһуохай этиллиэхтээх, бука бары оһуохайдаан ыһыахпыт үөрүүлээх арыллыытын түмүктээтилэр.
Ыһыахпыт иккис чааһа спорт площадкаҕа буолла 4, 5, 6 саастаах кырачаан оҕолорбут сүүрүүгэ (кыыс,уол), ыстаныыга, мас тардыһыыга бэйэлэрин кыахтарынан күрэхтэстилэр. Ол кэннэ оскуола быспастыгас былчыҥнаах уолаттарыгар “Үрүҥ уолан-2024” 6 уол 5 көрүҥҥэ күрэхтэстилэр: 1. Сүүрүү, 2. Өһөс торбос, 3. Хапсаҕай, 4. Мас тардыһыы, 5. Ыараханы быраҕыы. 1кы миэстэни ылары ситистэ Ксенефонтов Ярик, 2с миэстэ Лукин Миша, 3с миэстэ Алексеев Дьулурхан.
Улахан дьоҥҥо сүүрүү кыргыттарга 1кы миэстэ Устинова Эльвира, 2с миэстэ Алексеева Амелия, 3с миэстэ Берзюкова Лия; 70 киилэҕэ дылы мас тардыһыытыгар 1кы миэстэ Шарин Виктор, 2с миэстэ Алексеев Владимир, 3с миэстэ Прокопьев Василий; 70 киилэттэн үөһээ ыйааһыннаахтарга 1кы миэстэ Сосин Анатолий, 2с миэстэ Боескоров Айаал, 3с миэстэ Сокольников Руслан; 70 киилэҕэ дылы хапсаҕай күрэҕэр 1кы миэстэ Шишигин Николай, 2с миэстэ Шарин Виктор, 3с миэстэ Кельцеев Сергей; 70 киилэттэн үөһээ ыйааһыннаахтарга 1кы миэстэ Сосин Анатолий, 2с миэстэ Боескоров Айаал, 3с миэстэ Потапов Петр.
Тыа хаһаайыстыбатын сылын чэрчитинэн Мэҥэ-Хаҥаласка бастакытын ыытыллыбыт “БЕЛОРУСЬ” тыраахтырдар күрэхтэрэ тыҥааһыннаахтык ыытылынна. 1кы миэстэ Афанасьев Иван өр сылларга тыраахтырга үлэлээбитин дьон сэргэ ортотугар бигэргэтэн эрэллэхтик бастаата, 2-с миэстэ Павлов Дмитрий, 3с миэстэ Дмитриев Дьулустаан.Кыттыбыт дьон аймахтара махтанан,эҕэрдэ тылларын эттилэр,сэмэй бэлэхтэрин туттардылар. Эдэр ыалларга Дмитриевтарга сүрүн бирииһи Виктория Дмитриева бэйэтин дьиэ кэргэнин аатыттан ньиирэй бэлэх уунна.Бу сыл ыһыах бэт сэргэхтик түмүктэннэ

Улуу Кыайыы күнүнэн!

Ыам ыйын 9 күнэ дойдубут хас биирдии олохтооҕор ураты суолталаах, дириҥ өйдөбүллээх. Бу күн, Улуу Кыайыы 79 сылын бэлиэтии 1 Тыыллыма нэһилиэгин дьоно десант тэрийэн 1 Тыыллыма нэһилиэгин өрүстээҕи сириттэн билиҥҥинэн Ороссолуодаттан — Ворошилов аатынан колхозтан үлэни-хамнаһы өрө туппут 31 чулуу уолаттара «Күрүө Таастан» сэриигэ ыҥырыллан барбыттара. Бу уолаттарбыт сырдык кэриэстэригэр анаан айаннаан барбыт аартыктарыгар …

До5ордуу сибээһи бөҕөргөтөр сыалтан спортивнай көрүҥнэргэ күрэхтэһии

2014 сылга, 10 сыл анараа өттүгэр, биир дойдулаахпыт, убайбыт Владимир Петрович Ларионов тэрилтэтин Наука Саха Сиринээ5и салаатын кытта до5ордуу сибээһи бөҕөргөтөр сыалтан спортивнай көрүҥнэргэ күрэхтэһии са5алаабыппыт. Наука үлэһиттэрэ, эдэр ученайдар спортка сүрдээх көхтөөхтүк кытталлар этэ. Ааспыт сылларга ити күрэх тохтуу сылдьыбыта. Онтон былырыын эдэр эрчимнээх улэһиттэр, Ил Тумэн депутаттара ЯНЦ СО РАН генеральнай директорын солбуйааччыта …

«SAASkы сулусSTAR» куонкуруска «Тыыллымаана» үҥкүү бөлөҕө

Муус устар 6 күнүгэр Чурапчы улууһугар Одьулун нэһилиэгэр аһаҕас республиканскай «SAASkы сулусSTAR» куонкуруска үҥкүү күрэҕэр биһиги нэһилиэкпититтэн «Тыыллымаана» үҥкүү бөлөҕө кыттыыны ылан кэллилэр. Салайааччы Мария Васильевна Прокопьева бэйэтэ суруйбут тылларыгар, мелодиятыгар, Наталия Степановна Рехлясова толоруутугар «Хатыҥнар кэпсииллэр» ырыаҕа Алена Васильева үҥкүү туруоран, народнай стилизованнай хайысхаҕа Лауреат II степени буолары ситистилэр.

Мин дууһам ыллыыр

Муус устар 6 күнүгэр Майа сэлиэнньэтигэр Д.Ф.Ходулов аатынан норуот айымньытын дьиэтигэр Саха биллиилээх мелодиһа, самодеятельнай композитор В.В.Ноев төрөөбүтэ 85 сылыгар анаммыт «Мин Дууһам ыллыыр» бөлөҕүнэн толорооччуларга аһаҕас ырыа күөн-күрэҕэ буолан ааста. Биһиги нэһилиэкпититтэн Нуһараҥ уонна Көлүкэчээн холбоһуктаах ансаамбыл кыргыттара кыттыыны ыллылар, ырыаларбыт. Конкурус түмүгүнэн «Эрэл»номинацияҕа тиксэн 5000 уу хаччынан наҕараадаланнылар, ону таһынан А.М.Алексеев аатынан культура …

КУЛУН ТУТАР 28 күнүгэр нэһилиэкпитигэр кыһыны атаарыы буолан ааста. Чуолаан оҕолорго күрэхтэри, оонньуулары ыыттыбыт. Оҕолор каникуллара түбэһэн үөрэн-көтөн сибиэһэй салгыҥҥа оонньоон, астына күрэхтэһэн бардылар. Бу сааскы бырааһынньыгынан эҕэрдэ тылларын, ылбаҕай ырыаларын Виталий Никифоров уонна Виктория Дмитриева бэлэхтээтилэр. Ону тэҥэ атыы- эргиэн дьаарбаҥката тэрилиннэ. Буоларын курдук сылын аайы кыһыны атаарыы сиэринэн сайыммыт өлгөм үүнүүлээх, астаах буоллун …

10 төгүлүн ыытыллар «КУЙУУР ОЛОҤХОТО-2024″

«КУЙУУР ОЛОҤХОТО-2024″ олоҥхону толорор ыччаттарга күрэх ыытыллан ааста!  Кулун тутар 30-31 күннэригэр 1 Тыыллыма нэһилиэгэр биир дойдулаахпыт М.К.Аммосов аатынан ХИФУ профессора, тыл билимин хандьыдаата Галина Семеновна Попова-Санаайа бырайыагынан , «Куйуур олоҥхото-2024» номнуо онус сылын ыытылынна. Кулун тутар 30 күнүгэр «Куйуур олоҥхотун» үөрүүлээх аһыллыытыгар алгыс сиэрин-туомун ыччат олоҥхону толорооччу, сүрүн тэрийээччи Виталий Никифоров түһэрдэ, Виталий Никифоров, …