Биһиги нэһилиэккэ Самаан сайыны айхаллыыр,Айгыр баҕаҕы арчылыыр,Итии-куйаас эргийдэ,Илгэ быйаҥ элбээтэ.Сиэллээх ситии киэргэллээх,Чэчир хатыҥ сэлэлээх Чэгиэн чэбдик түһүлгэ тула мустан тураммыт күөхтүүр сайын кэлбитин үөрэ көрүстүбүт.Буоларын курдук долгутуулаах арыллыыбыт алгыс сиэрин-туомун туттубут.Алгыһы таһаарда Өрөспүүбүлүкэ таһымнаах олоҥхо уонна оһуохай Дархан этээччитэ,Уус-Уран салайааччы,Култуура туйгуна, Виталий Никифоров. Ыһыахпыт арыллыыта Тыыллыма өрөгөй ырыатынан саҕаланна. Нэһилиэкпит Аҕа баһылыга Афанасьев Руслан Васильевич эҕэрдэлээтэ уонна «1-кы Тыыллыма нэһилиэгин бочуоттаах олохтоо5о” үрдүк ааты:
— Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэ5ириитин туйгунугар, Российскай Федерация уопсай үөрэхтээһин бочуоттаах үлэһитигэр, мелолодист, Николай Ребров тылларыгар “Тыыллыма өрөгөй ырыатын”авторыгар Назаров Михаил Николаевичка
— Нэһилиэк урбаанньыгар, меценат Афанасьев Иван Васильевичка
— Саха Өрөспүүбүлүкэтин муниципальнай сулууспатын туйгунугар, Лукина Айталина Кирилловнаҕа.
Ону тэҥэ Ил Түмэн дьокутаата Олег Олегович Марков Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ тыл сайдыытыгар кылааттарын иһин наҕарааданы Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэ5ириитин туйгунугар, «1-кы Тыыллыма нэһилиэгин бочуоттаах олохтоо5ор Никифорова Валентина Павловнаҕа, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэ5ириитин туйгунугар, Российскай Федерация суруйааччыларын чилиэнигэр, Мэҥэ-Ханалас улууһун, 1Тыыллыма нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕор Сосин Константин Ильичка туттарда.
Үлэни өр сылга өрө туппут биир дойдулаахтарбытын чиэстээтибит.
Кырачаан оҕолорбутугар “сахалыы талба таҥас” көрүүтэ буолла, төрүт үгэстэрин умнубакка бары олус кэрэтик симиммиттэр. Итиэннэ ханнык баҕар ыһыахха оһуохай этиллиэхтээх, бука бары оһуохайдаан ыһыахпыт үөрүүлээх арыллыытын түмүктээтилэр.
Ыһыахпыт иккис чааһа спорт площадкаҕа буолла 4, 5, 6 саастаах кырачаан оҕолорбут сүүрүүгэ (кыыс,уол), ыстаныыга, мас тардыһыыга бэйэлэрин кыахтарынан күрэхтэстилэр. Ол кэннэ оскуола быспастыгас былчыҥнаах уолаттарыгар “Үрүҥ уолан-2024” 6 уол 5 көрүҥҥэ күрэхтэстилэр: 1. Сүүрүү, 2. Өһөс торбос, 3. Хапсаҕай, 4. Мас тардыһыы, 5. Ыараханы быраҕыы. 1кы миэстэни ылары ситистэ Ксенефонтов Ярик, 2с миэстэ Лукин Миша, 3с миэстэ Алексеев Дьулурхан.
Улахан дьоҥҥо сүүрүү кыргыттарга 1кы миэстэ Устинова Эльвира, 2с миэстэ Алексеева Амелия, 3с миэстэ Берзюкова Лия; 70 киилэҕэ дылы мас тардыһыытыгар 1кы миэстэ Шарин Виктор, 2с миэстэ Алексеев Владимир, 3с миэстэ Прокопьев Василий; 70 киилэттэн үөһээ ыйааһыннаахтарга 1кы миэстэ Сосин Анатолий, 2с миэстэ Боескоров Айаал, 3с миэстэ Сокольников Руслан; 70 киилэҕэ дылы хапсаҕай күрэҕэр 1кы миэстэ Шишигин Николай, 2с миэстэ Шарин Виктор, 3с миэстэ Кельцеев Сергей; 70 киилэттэн үөһээ ыйааһыннаахтарга 1кы миэстэ Сосин Анатолий, 2с миэстэ Боескоров Айаал, 3с миэстэ Потапов Петр.
Тыа хаһаайыстыбатын сылын чэрчитинэн Мэҥэ-Хаҥаласка бастакытын ыытыллыбыт “БЕЛОРУСЬ” тыраахтырдар күрэхтэрэ тыҥааһыннаахтык ыытылынна. 1кы миэстэ Афанасьев Иван өр сылларга тыраахтырга үлэлээбитин дьон сэргэ ортотугар бигэргэтэн эрэллэхтик бастаата, 2-с миэстэ Павлов Дмитрий, 3с миэстэ Дмитриев Дьулустаан.Кыттыбыт дьон аймахтара махтанан,эҕэрдэ тылларын эттилэр,сэмэй бэлэхтэрин туттардылар. Эдэр ыалларга Дмитриевтарга сүрүн бирииһи Виктория Дмитриева бэйэтин дьиэ кэргэнин аатыттан ньиирэй бэлэх уунна.Бу сыл ыһыах бэт сэргэхтик түмүктэннэ
Читать далее