Архивы за месяц Сентябрь, 2026

«НАСЛЕДИЕ КОЧЕВНИКОВ» Международнай фестиваль күрэххэ ситиһии

Балаҕан ыйын 1 күнүттэн 6 күнүгэр дылы Кыргызстан ытык сиригэр-уотугар VI Аан дойдутааҕы «Игры кочевников» күрэх тэриллэн дьон-сэргэ сөҕөр-махтайар киэҥ түһүлгэтэ төрүттэннэ. Бу киэҥ далааһыннаах тэрээһин чэрчитинэн Аан дойду таһымнаах «Наследие кочевников» төрүт дорҕоон, ырыа-тойук, эпос толоруутун күрэҕэр дойду ааттаах-суоллаах ырыаһыттара-тойуксуттара, эпос толорооччулара Бишкек, Ыссык-Куль куораттар киин түһүлгэлэригэр ылбаҕай ырыаларын, добун тойуктарын дуораһыттылар. 1 Тыыллыма …

Быйыл сайын ситиһии

Биллэрин курдук Олоҥхо ыһыаҕар сылы быһа бэлэмнэнэн, сыал-сорук оҥостон араас улуус ааттаахтара, суон сурахтаахтара мустаннар күрэх былдьаһаллар, күөн көрсөллөр. Кэбээйи алгыстаах сирэ-уота үтүөнэн тосхойдо. Олоҥхо ыһыаҕын сүдү уонна сүрүн күрэҕэ – Олоҥхо күрэҕин КЫЛААН КЫАЙЫЫЛААҔЫНАН 1 Тыыллымабыт нэһилиэгиттэн А.М.Алексеев аатынан култуура дьиэтин уус-уран салайааччыта, олоҥхону толорооччу, Мэҥэ Хаҥалас, Илин Эҥэр уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Дархан Оһуохайдьыта, …

«Эбээ, эһээ сайыҥҥы оскуолата» лааҕыры быйыл иккис сылын «Эбээ биһигэ» түмсүү үлэлэттэ.

«Тыыллымаана», «Эбээ биһигэ» «Иис кута» түмсүүлэр салайааччылара Прокопьева Мария Васильевна бу лааҕыр туһунан, оҕолору кытта сайын хайдах үлэлээбиттэрин туһунан сырдатта. «1-кы Тыыллыма нэһилиэгэр администрация көҕүлээһининэн былырыыҥҥы курдук «Эбэ, Эһэ сайыҥҥы оскуолата» лааҕыр үлэлээтэ. Лааҕыр от ыйын 12 күнүттэн 22 күнүгэр диэри «Өбүгэбит үгэһин, саха тылын төһө билэбитий» — диэн теманан 10 күн ыытылынна. Лааҕырга элбэх …

➤