«Тыыллымаана», «Эбээ биһигэ» «Иис кута» түмсүүлэр салайааччылара Прокопьева Мария Васильевна бу лааҕыр туһунан, оҕолору кытта сайын хайдах үлэлээбиттэрин туһунан сырдатта.
«1-кы Тыыллыма нэһилиэгэр администрация көҕүлээһининэн былырыыҥҥы курдук «Эбэ, Эһэ сайыҥҥы оскуолата» лааҕыр үлэлээтэ. Лааҕыр от ыйын 12 күнүттэн 22 күнүгэр диэри «Өбүгэбит үгэһин, саха тылын төһө билэбитий» — диэн теманан 10 күн ыытылынна. Лааҕырга элбэх оҕолоох ыаллар уонна СВО кыттыылаахтарын оҕолоро 13 оҕо сырытта. Лааҕыры үлэлэттилэр «Эбээ биһигэ» түмсүү иһинэн Ларионова Марианна Семёновна, Варламова Татьяна Васильевна уонна салайааччы Прокопьева Мария Васильевна. Үлэбитин бастакы күммүтүн билсиһииттэн уонна Ющенко Николай Григорьевич алааһыгар киирэммит окко киирии сиэрин-туомун оҥорууттан саҕалаабыппыт. Онно оҕолор кутаа уоту хайдах оттон, алгыс хайдах оҥоһулларын, хотуур уулатары билистилэр уонна хотуур, кыстык, кыраабыл хайдахтарын, субуу, лэкээ, бугул, кэбиһиилээх от, үс үүттээх күрүө хайдах оҥоһуллалларын билистилэр, туттар тэриллэри тутан-хабан боруобалаан көрдүлэр.

Иккис күҥҥэ Мария Васильевна Прокопьева тэлгэһэтигэр үүнэр сибэккилэр, оттор сахалыы ааттарын кытары билистилэр. Кучу от хомуйдулар, ону дьиэлэригэр илдьэн хатаран чэй оҥоруохтаахтар.

Үһүс күҥҥэ Ларионова Ольга Андреевнаҕа баран хотон оҥоһуутун, туттар тэриллэрин, ньиирэйдэри көрөн от биэрэн, тутан, имэрийэн билсистилэр. Эбээ биһигин аатыттан Надежда Дмитриевна Соловьёва кэлэн көрдөөх оонньуулары оонньотто. Төрдүс күҥҥэ Афанасьева Раиса Егоровналаахха киирэн ыал сахалыы балаҕанын ис бараанын, иһитин-хомуоһун, тэлгэһэтин кытары билистибит. Ол кэнниттэн Варламовтар олбуордарыгар киирэн сылабаар хайдах өрүллэрин, тимир оһох оттулларын, урут эбээлэр, эһээлэр кыра эрдэхтэринэ туттубут малларын, иһиттэрин көрдүбүт уонна сахалыы сүүрүүлээх-көтүүлээх оонньуулары оонньоотубут. Бэһис күҥҥэ Пётр Петрович Алексеев салайааччылаах, эһээ Владимир Маевич Попов уонна Дьячковскай Василий Егорович массыыналарынан Аһыкайга баран Манньыаттаах балаҕанын, бастакы оскуола тутуллубут бэлиэ тааһын, памятнигы, онно баар дьиэлэр, булуус тустарынан Петр Петрович кэпсээниттэн бары даҕаны элбэҕи биллибит, көрдүбүт.

Алтыс күн Григорьева Сусанна Ивановна хаһаайыстыбатын киирэн көрдүбүт. Кини сымыыттан бэйэтэ биэбэйдээн таһаарбыт чоппуускалара улааппыттара уонна атыылаһыы кууруссалара сымыыттыылларын кэпсээтэ. Түөрт кус үөрүн тутан олорор эбит, олор оҕолорун көрөн, улааппыттара ийэлэрин кэннилэриттэн көлүйэҕэ усталларын көрдүлэр, тугунан аһыылларын билистилэр.


Сэттис күҥҥэ уолаттарга быһаҕынан тутта үөрэнэллэригэр талахтан тыксаан оҥоттордубут, оттон кыргыттарга таҥас сыыһынан уонна кумааҕынан сыахай оҥорорго үөрэннилэр.


Ахсыс күҥҥэ Владимир Петрович Ларионов музейыгар сылдьан кини оҕо эрдэҕинээҕитин, олоҕун Надежда Диктовна Ларионова кэпсээнин сэргээн иһиттилэр. Тохсус күн «Эбэм уонна мин» түөрт түһүмэхтээх конкурс оҥордубут. Онно Варламова Т.В. сиэнинээн Маша Ноговицыналыын кыттан бастаатылар. Иккис миэстэ Говорова А.Н. сиэнинээн София Говоровалыын иккис миэстэ уонна Афанасьева Р.Е. сиэнинээн Ваня Афанасьевтыын үһүс миэстэ буолан олохтоох администрацияттан грамота, бэлэх уонна төрөппүттэр ааттарыттан мэтээл туттулар. Онус түмүктүүр күммүт оҕолорбут күүстэринэн 7 нүөмэрдээх кэнсиэр көрдүбүт. Онтон хас биирдии оҕоҕо, лааҕырдааҕы күннэриттэн көрөн төрөппүттэр бэйэлэрэ кыттыспыт харчыларынан фотобумага, магнитка атыылаһан номинациялары, бэлэхтэри, өйдөбүнньүктэри биэртэлээтибит. Түмүккэ сахалыы астаах сандалыга олорон кэпсэтии. Говорова Марфа Дмитриевна оҕолоро быйыл лааҕырга сылдьыбыттарын сөбүлээн табылыннаҕына эһиил эмиэ үлэлиирэ буоллар диэн баҕатын эттэ. Сүрүн тэрээһиннэр кэннилэриттэн күнүн аайы балаҕаммытыгар кэлэн сахалыы теманан араас таабырыннары таайыы, сканворд оҥотторуу, тыл булларыы, өс хоһооннорун ситэрии, урукку сахалыы оонньуулары оонньоттубут, дьиэтээҕи үлэлэрин- иннинээҕи күн тугу билбиттэриттэн уруһуй эбэтэр суругунан суруйуу ирдииибит, уонна ону ырытыһабыт. Уонна ол оҥоһуктарынан төрөппүттэр көрүүлэригэр выставка оҥордубут.




Түмүккэ лааҕырбыт үлэтэ сыалын ситтэ диэн туран сылайарын улахаҥҥа уурбакка сүбэ-ама буолбут, идея уган биэрэн көмөлөспүт Марианна Семёновнабар, күнүн аайы тэҥҥэ сылдьыспыт Татьяна Васильевнабар уонна бука бары кыттыыны ылбыт, көмөлөспүт дьоммор-сэргэбэр махталбын тириэрдэбин! Доруобай буолуҥ, этэҥҥэ сылдьыҥ! Нэһилиэк бэтэрээннэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Прокопьева М.В.