Быйыл сайын ситиһии

Биллэрин курдук Олоҥхо ыһыаҕар сылы быһа бэлэмнэнэн, сыал-сорук оҥостон араас улуус ааттаахтара, суон сурахтаахтара мустаннар күрэх былдьаһаллар, күөн көрсөллөр. Кэбээйи алгыстаах сирэ-уота үтүөнэн тосхойдо. Олоҥхо ыһыаҕын сүдү уонна сүрүн күрэҕэ – Олоҥхо күрэҕин КЫЛААН КЫАЙЫЫЛААҔЫНАН 1 Тыыллымабыт нэһилиэгиттэн А.М.Алексеев аатынан култуура дьиэтин уус-уран салайааччыта, олоҥхону толорооччу, Мэҥэ Хаҥалас, Илин Эҥэр уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Дархан Оһуохайдьыта, СӨ култууратын туйгуна, Гавриил Колеов аатынан бэлиэ хаһаайына Виталий Никифоров кыайыыны ылыан ылла, дойдулаахтарын дьоһуннук үөртэ!

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

➤