Балаҕан ыйын 1 күнүттэн 6 күнүгэр дылы Кыргызстан ытык сиригэр-уотугар VI Аан дойдутааҕы «Игры кочевников» күрэх тэриллэн дьон-сэргэ сөҕөр-махтайар киэҥ түһүлгэтэ төрүттэннэ. Бу киэҥ далааһыннаах тэрээһин чэрчитинэн Аан дойду таһымнаах «Наследие кочевников» төрүт дорҕоон, ырыа-тойук, эпос толоруутун күрэҕэр дойду ааттаах-суоллаах ырыаһыттара-тойуксуттара, эпос толорооччулара Бишкек, Ыссык-Куль куораттар киин түһүлгэлэригэр ылбаҕай ырыаларын, добун тойуктарын дуораһыттылар. 1 Тыыллыма нэһилиэгин Аркадий Алексеев аатынан култуура дьиэтин уус-уран салайааччыта, олоҥхону толорооччу, оһуохай «Дархан» этээччитэ Виталий Никифоров ааттаан-суоллаан ыҥырыллан Кыргызстан сиригэр-уотугар тиийэн ыалдьыттаан, аан дойду таһымнаах күрэххэ бастыҥнары кытары атах тэпсэн олорон олоҥхолоон үс түүннээх күн күрэх кэннэ быйылгы Кэбээйи улууһугар ыытыллыбыт Олоҥхо Ыһыаҕын Кылаан Чыпчаал кыайыылааҕа ВИТАЛИЙ НИКИФОРОВЫ «Наследие кочевников» аан дойду таһымнаах күрэххэ 3 үрдэл кыайыылаах аатын ылбытынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит, үрдүк ситиһииҥ үөрүүтүн тэҥҥэ үллэстэбит! Сахабыт Сирин, Мэҥэ Хаҥалас улууһун, 1Тыыллымабыт нэһилиэгин албан аатын ааттаппыт бастыҥ олоҥхону толорооччубутугар, алаас ааттаахтара, дойду сурахтаахтара тоҕуоруһа мустубут дьоһун түһүлгэлэригэр Саха Чулуу Олоҥхотун, ырыатын-тойугун иһитиннэрэн, бар дьон сэҥээриитин, сөҕүүтүн-махтайыытын ылбыккынан киэҥ туттабыт!




